Харахпытынан хайҕаһан, сүрэхпитинэн таптаһан, сүбэбитинэн сөбүлэһэн, олохпут суолун холбоон, ыал буолар үөрүүлээх күммүт тиийэн кэллэ.
Бу күн дьолбутун түстүүр, олохпут олугун оҥостор дьоһун-мааны күммүтүгэр үөрүүбүтүн үллэстэ, кэрэни кэрэһэлиир кэс тыллаах, олох дьолун түстүүр үтүө баҕа санаалаах, сэргэх кэпсээннээх, ырыа-тойук аргыстаах арыалдьыт буолуҥ!